МБУ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦД "САЙДЫЫ"

МБУ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦД "САЙДЫЫ"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САЙДЫЫ"

«Кэхтибэт талааннар» бэстибээлгэ Тулуналар кытыыны ыллылар.

Алтынньы ый 14 күнүгэр, 1 Өспөх нэhилиэгэр, Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоhууларын, Саха сиригэр Култуура, Уус Алдан улууhугар түмсүү уонна бииргэ үлэлэhии сылларыгар анаммыт, Уус Алдан нэhилиэктэрин Бэтэрээннэрин Сэбиэттэрин  икки ардыларынааҕы  «Кэхтибэт талааннар» уус-уран самодеятельность бэстибээлигэр биhиги нэhилиэктэн 23 бэтэрээн, уопсайа 6 кэнсиэр нүөмэрин туруоран көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Ол курдук Гаврил Сергеев – Моисей Ефимов тылларыгар, Христофор Максимов дьүрүлүгэр «Өрүүнэ» диэн ырыатын толорон Дипломант үрдүк аатын сүктэ. Ону тэҥэ «Маҕаhыыҥҥа» диэн сценка эмиэ Дипломант үрдүк аатын сүктэ.

Кыттыыны ылбыт аҕам саастаахтарбытыгар «Сайдыы» сынньалаҥ киинин аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит, кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабыт!